Чаачыгыйга Чурапчы оройуонун күүс өттүнэн хоту көһөрүү 75 сылынан мемориальнай комплекс арылынна. Манна Кэбээйи, Чурапчы, Эдьигээн, Мэҥэ Хаҥалас улуустарыттан сүүһүнэн дьон-сэргэ тоҕуоруһа муһунна.
ССРС култууратын туйгуна, Саха сирин бочуоттаах бэтэрээнэ, хоту көһөрүллүү кыттыылааҕа, Чурапчы улууһун, Чурапчы, Сылан нэһилиэктэрин, Кэбээйи улууһун Мукучу нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Дьячковскай Василий Николаевич уонна кини уола, урбаанньыт, тааска үлэҕэ маастар Дьячковскай Георгий Васильевич идиэйэлэрин бырайыактаан Өйдөбүнньүк бэлиэ-комплекс үйэлээхтик оҥоһуллубут.
Ааптардар бу өйдөбүнньүк бэлиэҕэ киллэриллибит хас биирдии киһи аатын, киниэхэ сыһыаннаах сыыппаранан чахчыларын дириҥник ымпыктаан-чымпыктаан, ааҕан-суоттаан оҥорбуттарын көрбүт эрэ бары кэрэхсээтэ.
Тэрээһин иннигэр В.П.Герасимов алгыс этэн амалыйда, Чыаппаратааҕы дьахталлар сүбэлэрин кыттыылаахтара сылаас саламаатынан, алаадьынан ыраахтан-чугастан кэлбит дьоҥҥо айах туттулар. Чыаппаратааҕы эр дьон хорун ырыаһыттара «Эргиллиэм эйиэхэ, Чурапчым чараҥа» диэн ырыаны толордулар. Кэриэстэбил мүнүүтэ оҥоһулунна.
Улуус баһылыга Андрей Ноговицын көhөрүллүү 75 сылыгар аналлаах тэрээhиннэр саҕаламмыттарын иһитиннэрдэ. Бу комплекс ааhан иhэр дьон тохтоон сүгүрүйэн ааhарыгар, история чахчытын билэригэр туhуламмытын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыгын бастакы солбуйааччы Павел Сазонов бырайыак ааптардара Василий, Георгий Дьячковскайдар маннык сүдү суолталаах үлэҕэ ыччаты кытыннарбыттарыттан улаханнык астыммытын биллэрдэ.
1942 сыл көһөрүү туһунан ыйаах тахсаатын кытта, холкуостаахтар Чурапчыттан Аллараа Бэстээххэ диэри айанныылларыгар анаан 3 күн иһигэр 550 устуука мас көлөһөлөрдөөх тэлиэгэлэри оҥостубуттар. Ол тэлиэгэ тутула мемориальнай комплекс хабыллар хаба ортотугар постамеҥҥа туруоруллубут. Манна ыалдьыттар сибэкки дьөрбөтүн уурдулар. Биллэрин курдук, көһүүттэн эргиллэн кэлбит Чаачыгый холкуос дьонун алаҕардар ылбаккалар, Мэҥэ Хаҥалас оройуонун Дьабыыл нэһилиэгин Киров аатынан холкуос дьоно үс күн мунньахтаан, сирдэри-уоттары бэйэлэригэр ылбыттара биллэр. Билигин ол Нуораҕана бөһүөлэгэр олорор ытык кырдьаҕастар Варламов Михаил Алексеевич, Борисова Варвара Егоровна, көһүүлээхтэр оҕолоро Матрена Попова, Татьяна Дергачева, Сергей Сергучев, Изабелла Попова бу тэрээһиҥҥэ кытыннылар.
БСК (б) Саха сирин уобаластааҕы кэмитиэтин бюрота 1942 сыл атырдьах ыйын 11 күнүнээҕи 213 №-дээх 9 пууннаах Чурапчы оройуонун холкуостарыгар сыһыаннаах дьаһаллар тустарынан уурааҕынан, Чурапчы оройуонун 17 нэһилиэгин 41 холкуоһуттан 5459 киһи Кэбээйи, Эдьигээн, Булуҥ оройуоннарыгар күүс өттүнэн көһөрүллүбүтэ. Бу бюро 1942 сыл балаҕан ыйын 29 күнүнээҕи 226-с №-дээх 11 пууннаах уурааҕынан Чурапчы оройуонун Танда-Бахсы, Төлөй, Бахсы, Белолюбскай, Аччаҕар, Мугудай уонна Мэлдьэхси нэһилиэктэрэ суох оҥоһуллубуттара.
БСК (б) П Саха сиринээҕи обкомун, Саха АССР министрдэрин сэбиэтин 1944 сыл кулун тутар 28, 1945 сыл олунньу ый 22 , 1947 сыл муус устар ый 5 күннэринээҕи холбоһуктаах уураахтарынан көһөрүллүүгэ түбэспит холкуостаахтар дойдуларыгар Чурапчыга эргиллибиттэрэ.
Күүс өттүнэн хоту оройуоннарга көһөрүү түмүгэр, Чурапчы оройуона 2000-тан тахса олохтооҕун сүтэрбитэ. Бу история биир ынырык кэрчигэ умнуллуо суохтаах уонна хаһан даҕаны маннык дьулаан, ыар содуллаах дьаһаллар үрдүкү салалтаттан хатыланыа суохтаахтар.
Өйдөбүнньүк бэлиэни арыйыыга кыттыыны Чурапчы улууһун баһылыга Андрей Ноговицын, Чурапчы улууһун сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Яков Оконешников, Ил Түмэн дьокутаата, олимпийскай чемпион Павел Пинигин, Кэбээйи улууһун баһылыга Игнатий Спиридонов, Булуҥ улууһуттан кэлбит делегация салайааччыта Константин Шахурдин, Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыгын бастакы солбуйааччы Павел Сазонов уо.д.а. ыллылар.
Чурапчы нэһилиэктэрин баһылыктарын ааттарыттан Степан Саргыдаев, Төлөйтөн төрүттээх Иннокентий Аммосов, биирдиилээн дьон история биир ыарахан кэрчигин хараастан туран ахтан-санаан аастылар.
Юрлица могут получить до 100 млн рублей, творческие коллективы, физлица и ИП — до 10…
По словам эксперта, семьям стоит остановить выбор на веймаранерах
После торжественной части мероприятия юные граждане сделали памятные фотографии и получили подарки
Идея проекта продолжает традиции передвижников XIX века
Как отметил министр Максут Шадаев, такие аккаунты не будут блокировать
На торжественную церемонию в Москве приехали 55 ребят из 49 регионов России