Чөркөөххө оҕо сэллигин эмтиир санаторий тупсарыллан тутуллубут дьиэҕэ үлэтин саҕалаата

13:54, 17 января 2018
Текст:
Читайте нас на
Дзен
afisha.png

2017 сыл бүтүүтэ таатталарга олус ыар, кутурҕан күннэр буолбуттара. Үчүгэйгэ тардыһыы, иннибит диэки эрэллээх хардыылар санаабытын көтөхтө. Элбэх ситиһиилэртэн биирдэстэрэ — Чөркөөххө оҕо сэллигин эмтиир, доруобуйатын тупсарар санаторий саҥардыллыбыт, аныгы ирдэбиллэргэ толору эппиэттиир дьиэ үлэтин саҕалаата.


Аҕа дойду Улуу сэриитин аас-туор, аччык, кыһарҕаннаах сылларыгар элбэх улахан дьон, оҕо да сэллик ыарыыга ылларбыта. 1946 сыллаахха Баайаҕа нэһилиэгэр Шараборина Марфа Софроновна диэн быраас тыл көтөҕөн, оҕо сэллигин эмтиир санаторий хатыҥ чараҥ ортотугар бэртээхэй сиргэ аһыллыбыта. Онтон ыла 1986 сылга диэри оройуон нэһилиэктэриттэн ыарыыга ылларбыт, кэтэбилгэ сылдьар оҕолору эмтээһиҥҥэ бу санаторий таһаарыылаахтык үлэлээн-хамсаан кэлбитэ.

1986 сылтан ыла суол-айан мөлтөҕүнэн киин сир буолан, кылаабынай быраас И.С.Трофимов туруорсуутунан, санаторий Чөркөөххө көһөрүллүбүтэ. Бастаан онно 1906-1910 сыллардааҕы тутуу дьиэҕэ, кэлин араас миэстэҕэ хаста да көһөн, үлэлээн элбэх көлүөнэ оҕо эмтэнэн, үтүөрэн, дьон-сэргэ, ыал, үлэһит буолан таҕыстылар. Бу кэмнэр тухары Чөркөөххө сыл аайы сүүрбэттэн тахсалыы киһи үлэлээн-хамсаан, олохторун оҥостон кэллилэр.

Кэнники сылларга санаторий дьиэтэ олус эргэрэн, саахалланар туруктаммыта. Саҥардыллар туһунан боппуруос 2017 сыл сааһыттан саҕаламмыта. Улуус кылаабынай бырааһа С.В.Кононова үөскээбит кыһалҕаны кытаанахтык туруорсубута. Бу туһунан Октябрьскай нэһилиэк баһылыга М.Г.Аржаков маннык кэпсээтэ: «Санаторий Чөркөөх иһигэр көһөрүллэр дьиэтэ от ыйыгар диэри быһаарыллыбатаҕына, тэрилтэни атын нэһилиэккэ көһөрүүгэ барыллаан кэпсэтии барбыта. Сардана Владимировна онно кытаанахтык эппитэ. Онон быһаарсыы кэнниттэн, оскуола кэлиҥҥи мас дьиэтин өрөмүөннүүргэ туруммуппут. Улуус, нэһилиэк, киин балыыһа салалтаталара үп-харчы көрөн, Чөркөөххө баар тэрилтэлэр көмөлөөн, ити дьиэни сөргүтэн, өрөмүөннээн, киһи билбэт буолуор диэри саҥардан, тупсаран балаҕан ыйыттан үксүн субуотунньугунан үлэлээн бүтэрдибит. Маныаха санаторий сэбиэдиссэйэ И.И.Харлампьев тус бэйэтинэн көҕүлээн, тэҥҥэ үлэлэһэн салайааччы бастыҥ холобурун көрдөрдө. Санаторий медицинскэй, педагогическай, техническэй да үлэһиттэрэ, кинилэр кэргэттэрэ бука бары биир киһи курдук үлэлээтилэр. Онон, «Норуот күүһэ — көмүөл күүһэ» диэн өс хоһооно бу коллектив, нэһилиэк дьонун быһыыларыгар-майгыларыгар чопчу көстүбүтүгэр бар дьоммор махталбын биллэрэбин».

Санаторий саҥардыллыбыт дьиэтэ истиин-тастыын уурбут-туппут курдук, букатын да, таас дьиэ курдук көстүүлээх.Толору хааччыллыылаах. Хас биирдии палата, көрүдүөр түннүктэрэ тус-туһунан өҥнөөх, быһыылаах-таһаалаах, батареялар анал сабыылара барыта кыһамньылаахтык, ис сүрэхтэн оҥоһуллубуттара харахха тута быраҕыллар.

Онон Таатта улууһугар 70-н тахса сыл үлэлээн кэлбит оҕо санаторийа эмиэ биир аныгылыы ирдэбиллэргэ эппиэттиир дьиэҕэ көһөн, бэйэтин олохтоох сиригэр салгыы үлэлиир буолла. Салгыы коллектив хас биирдии оҕо чөл туруктаах, этэ-сиинэ чэгиэн буолан, дьон тэҥинэн сылдьан сайдарын туһугар өссө күүскэ үлэлииригэр бигэ эрэлбитин биллэрэбит.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
12 декабря 12.12
  • -38°
  • $ 103,27
  • 108,56

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: