Булуҥ улууһугар балык аҕыйыыр

15:26, 12 февраля 2018
Текст:
Читайте нас на
Дзен
afisha.png

Булуҥ улууһугар балыктааһын — тыа хаһаайыстыбатыгар биир сүрүн көрүҥүнэн буолар. Хоту­гу оройуоннар икки ардыларынаа­ҕы балыгы харыстааһын отде­лын салайааччыта Андрей Ачика­сов ба­лыктааһын эйгэтигэр улууска, быһа холоон, 25 тэрилтэ баарын ыйар.


Балык бородууксуйатынан дьа­рыктаанааччылар истэригэр бөдөҥ тэрилтэлэринэн “Булуҥнааҕы”, «Тай­мылыырдааҕы» МУТ-тар, “Арктика” холкуос, “Чекуровка” ТХПК уонна “Тиит-Арыы” ХЭУо буолаллар.

Кэлиҥҥи 3-4 сылга Лена өрүс са­лаатыгар балык ахсаана олус аҕыйаабыта улуус дьонун дьиксиннэрэр. Уопсайынан эттэххэ, аан дойду үрдүнэн климат уларыйыыта буола турарын бары билэ-көрө олоробут.

Андрей Ачикасов:

– Оннооҕор Атлантическай океан АХШ кытылыгар тоҥмут, маннык көстүү хаһан буолбутун ким өйдүүрүй? Мин санаабар, маннык көстүү климат уларыйыытыттан тутулуктаах. Чопчулаан эттэххэ, бүтэһик сылларга гидрологическай уларыйыылар бардылар. Ол курдук уу бэйэтин температурата биллэр араастаһар буолла.

Кыһыҥҥы бириэмэҕэ балык ыраах муораҕа киирэр, балыксыттар тиийбэт сирдэригэр түһэр. Өрүс туустаах сирэ аҕыйыыр, ол иһин балык тууһу батыһан муораҕа киирэр. Билигин өрүскэ тааҥ суох, ол иһин балык бэйэтин кыраныыссатыгар — муораҕа — сылдьар диэн этиэххэ наада. Онтон муораҕа уу мунньуллан, өрүс салааларыгар киллэрдэҕинэ, ону кытта тэҥҥэ балык киириэ. Бу кыһын муора өрүскэ уу киллэрбэтэ. Балык көрүҥүттэн муксуун ахсаана наһаа уларыйбата, онтон уомул ахсаана лаппа аҕыйаата диэн этэр тоҕоостоох. Онон маннык көстүү 90 быраһыан гидрологическай уонна айылҕа уларыйыыларыттан тахсар диэххэ сөп. Манна киһи дьайыыта сыһыана суох. Бу үлэлиир сылларым тухары маннык көстүүлэр баар буолааччылар. Онон балыктааһын историятыгар бастакы көстүү буолбатах. Кэтээн көрөөһүн үлэлэрэ ыытыллан-ыытыллан кэлбиттэрэ.

Онтон ураты харыстанар сирдэргэ киирдэххэ, Неелова сиригэр-уотугар уоран балыктааччылары кытта билиҥҥэ диэри охсуһабыт. Бу сылга Уус-Өлөөн, Өлөөн, Лена өрүстэр салааларын барытын кэрийэн бэрэбиэркэ үлэтин ыыттыбыт. Бэрэбиэркэлээһин үлэлэрэ хас сылын ахсын ыытыллаллар. Нэһилиэнньэ үгүс киһитэ үлэтэ суох. Ханнык баҕарар ньыманы булан балыктыа уонна атыылыа. Маны этэн туран, үлэтэ суох буолуу кыһалҕатын быһаардахха эрэ дьон уоран балыктааһынын ахсаана түһүө диэн этиэхпин баҕарабын.

Рейдэҕэ сылдьар кэммитигэр кыһынын буурҕаҕа, тааҥҥа түбэһэн, сайынын тыалга оҕустаран эрэйи көрсөбүт. Ол эрэн биһиэхэ нэһилиэнньэ көмөлөһөр, балыксыттар, олохтоохтор олус ыал­дьытымсахтар. Сылдьарбыт тухары хаһан да, ким да биһиги үлэбитигэр мэ­һэйдэспитин өйдөөбөппүн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
15 декабря 15.12
  • -31°
  • $ 103,43
  • 109,01

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: