Горнай улууһун Бэрдьигэстээҕэр хочуолунай умайыыта тахсан, 197 киһи олорор 30 дьиэтэ, 18 тэрилтэ ититиини хааччыйан олорбут уулара ыытыллан, дьон ыалларынан тарҕаспыта. СӨ салалтата тута суһал дьаһаллары ылан, Бырабыыталыстыба Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы А.З. Колодезников салайааччылаах өрөспүүбүлүкэтээҕи ыксаллаах быһыыга-майгыга анал хамыыһыйа Бэрдьигэстээххэ үлэлиир.
СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлэ Е.А.Чекин, Ил Дархан Е.А.Борисов тус бэйэлэринэн кэлэн, мунньахтары ыытан, тахсыбыт кыһалҕалары миэстэтигэр быһааран, нэһилиэнньэни кытта сирэй көрсөн, саахалы туоратыыга олус наадалаах дьаһаллар олохтоннулар.
ОДьКХ миниистирэ Д.С.Саввинов, ОДьКХ ГУТ генеральнай дириэктэрэ В.В.Омуков саахал тахсаатын кытта Бэрдьигэстээххэ кэлэн, улахан көмөнү оҥороллор. Мобильнай хочуолу, сүөкүүр кырааны, араас турбалары, батареялары, суулуур маллары, 40-ча итиинэн үрэр тэриллэри о.д.а. наадалааҕы аҕалан, саахал түргэнник туоратылларыгар наһаа кыһамньылаахтарын, суһал дьаһаллаахтарын көрдөрдүлэр.
Дьокуускайтан, Хаҥаластан, Мэҥэ Хаҥаластан, Сунтаартан, Ньурбаттан, Горнай улууһун аҕыс нэһилиэгиттэн анал биригээдэлэр кэлэн, дьиэлэринэн үллэстэн түүннэри-күннэри тигинэччи 98 киһи үлэлии сылдьарын олохтоохтор олус астына-дуоһуйа, махтана, эмиэ да аһына көрөллөр.
Саатар сатайбыт курдук, халлааммыт күн аайы 45-47 кыраадыс хабараан тымныынан ыгыта ылаттаан, сорох трассалар, батареялар тоҥуталаан, үлэһиттэр ууга ыстаран, муус кыаһаан буолан ыллаллар да, Горнайга хаһан да буолбатах маннык улахан саахалы туоратыыга олус бэринилээхтик үлэлии сылдьалларын көрөн-билэн, хайдах хайҕыаххар, махтаныаххар саха уус-уран тыла тиийбэт.
Биһиги бу курдук ыксаллаах эрэ түгэннэр таҕыстахтарына, олус тэрээһиннээх, идэлэрин толору баһылаабыт, түмсүүлээх, салайыы механизма үөһэттэн алларааҥҥа диэри сатабыллаахтык олохтоммут дьиэ-уот, коммунальнай хаһаайыстыба коллективын үлэһиттэрин сөптөөхтүк сыаналыыбыт быһыылаах.
Миэстэтигэр улуус дьаһалтата (баһылык Н.В.Андреев), нэһилиэк дьаһалтата (баһылык М.С.Парфенов), дьиэ-уот, коммунальнай хаһаайыстыбата (дириэктэр В.А.Васильев) тута сөптөөх дьаһаллары ылан, олохтоохтору көһөртөөн, систиэмэ уутун ыытан, дьиэ аайы дьурууһустубалары тэрийэн, саахалы туоратыыга бэйэ күүһүнэн ылсан, дьону түмэн күннэтэ тохтоло суох үлэлииллэр.
Бүгүн сарсыарда 9 чаастааҕы туругунан ититии бэрилиннэ:
— Ленин уул. 11, 13, 9, Строд уул. 19, Яковлев уул. 15, 17 «а», 19, Молодежнай уул. 2 №-дээх дьиэлэрэ. Манна олорооччу 103 киһи сылааһынан хааччылынна.
— Улуус дьаһалтата, Духуобунас киинэ, үп-казначейство управлениета, «Россельхозбаан», «Почта России» филиала, «Сахателеком».
Саахалы туоратыы үлэтэ анал график быһыытынан ыытылла турар. Барыта этэҥҥэ буоллаҕына, сарсыҥҥы күнүнэн дьиэлэргэ барыларыгар ититии бэриллиэхтээх.
Обзор событий в стране и мире
В поселке объявлен режим повышенной готовности
В спектакле раскрывается образ матери, воспитавшей героя, и женщины, способной любить и ждать бойца
По оперативным данным, пострадало два человека
Фильм стал дебютом в кино для известного в республике иллюзиониста Алексея Гольдерова
Сотрудники МЧС России достали одного, он в сознании. Второго - ищут