"Барыбыт кыһалҕабыт": Дьиэлэнэргэ үп булунар сүбэ

17:41, 07 февраля 2018
Текст:
Читайте нас на
Дзен
afisha.png

Ипотека кирэдьиитин ылыы туох эридьиэстээҕий? Биир баантан иэс ылбыккытын атын бааҥҥа хайдах көһөрүөххэ сөбүй? Быһаччы үлэлии сылдьар дьон санаатын билэргэ быһаардыбыт. «Россельхозбаан» АУо Саха сиринээҕи салаатын салалтатын уонна хамнаабат баай-дуол ырыынагар үлэлиир тэрилтэлэр бэрэстэбиитэллэрин ыҥыран ипотека кирэдьиитин туһунан сэһэргэстибит.


Бартыбыалын аҥаара – ипотека

— Ипотека кирэдьиитин элбэх баан биэрэр. Эһиэнэ атыттартан туох уратылааҕый эбэтэр ордуктааҕый?

Василий Тимофеев, “Россельхозбаан” АУо Саха сиринээҕи салаатын дириэктэрэ:

— Бүгүн кирэдьииттиир тэрилтэлэр бары кэриэтэ ипотека кирэдьиитинэн дьарыктаналлар. Ол гынан баран, олох көрдөрөрүнэн, уһуннук үлэлээбит уонна ааттаах-суоллаах улахан бааннар эрэ клиеннэргэ табыгастаах, барыстаах усулуобуйаны олохтуур кыахтаахтар. Чопчу Россельхозбааны ыллахха, 100 бырыһыан судаарыстыба хапытааллаах буолан, ипотека кирэдьиитин бырыһыанын атыттардааҕар түһэрэн биэрэр кыахтаах. Холобур, иккис ырыынактан олорор дьиэни атыылаһарга бырыһыан ставката анал усулуобуйа чэрчитинэн эдэр ыалларга сыллааҕыта 8,85, бүддьүөт тэрилтэлэрин үлэһиттэригэр 9,10, баантан хамнас ылар уонна “эрэллээх” клиеннэргэ 9,75, онтон ураты категорияларга 9,20 бырыһыантан саҕаланар. Оттон сир учаастагын, ол иһигэр онно баар олорор дьиэлиин, атыылаһарга бырыһыан ставката 11,45 бырыһыан таһымынан быһыллан турар. Үөһэ ыйыллыбыт ставкалар, клиент олоҕун уонна доруобуйатын араҥаччылатарга (страховкалааһыҥҥа) сөбүлэһэр буоллаҕына, дьайаллар.

Ону тэҥэ, бу күҥҥэ иэһи төлөһүү схематын клиеҥҥэ талларар аҕыйах баан баарыттан биирдэстэрэ – Россельхозбаан. Ол курдук, аннуитетнайынан (кирэдьиит болдьоҕун тухары иэһи ыйдарынан тэҥҥэ үллэрэн) эбэтэр дифференцированнайынан (төлөбүрүҥ кээмэйэ ый ахсын кыччаан иһэр) төлөһүөххэ сөп. Өскөтүн клиент дифференцированнайы таллаҕына, маҥнай суумата улахан курдук эрээри, сырыы аайы кыччаан иһэр буолан, түмүккэ эбии төлүүр суумаҥ аннуитетнайдааҕар балачча аҕыйах буолан тахсыа. Бу этэр түгэним ипотека курдук уһун болдьохтоох уонна улахан кирэдьииккэ киирэр дьон үгүстэрэ Россельхозбааны талалларыгар төрүөт буолар.
Ипотеканан дьиэлэниэн баҕалаах элбэх
Алена Бережнова, «Кириэппэс» РХ ХЭУо бэрэстэбиитэлэ:

— Биһиги хампаанньабыт базатыгар Дьокуускайга уонна куорат таһынааҕы бөһүөлэктэргэ 3 тыһ. тахса кыбартыыра баар. Саҥа тутулла турар дьиэҕэ кыбартыыра сыаната чэпчэки курдук эрээри, өрөмүөн кэнниттэн иккис ырыынактыын тэҥнэһэн тахсар.
Анжелика Степанова, «Туймаада-недвижимость» ХЭУо бэрэстэбиитэлэ:

– Дьиэ тутар хампаанньалыын быһаччы үлэлэстэххэ, биллэн турар, ырыынактан чэпчэки буолар. Сыана 1 кв. миэтэрэтигэр 52-55 тыһ. солкуобайтан саҕаланар. Биһиги аҕыйах гынан баран, эрэллээх тутааччылары уонна Россельхозбааны, Сбербааны кытта үлэлиибит. Кэлиҥҥи кэмҥэ ипотеканан дьиэлэниэн баҕалаах биллэрдик элбээтэ.
Бырыһыаны намтатар ньымса ньыма
— Кэлиҥҥи кэмҥэ “рефинансирование” диэн тыл күннээҕи олохпутугар элбэхтик туттуллар, иһиллэр буолла. Бу тугун судургутук быһааран биэриэххит дуо?

Евдокия Мигалкина, баан биирдиилээн атыыга отделын начаалынньыга:

Бу бырагыраама былырыыҥҥыттан үлэлиир. Маны көмөлөһүннэрэн, ипотека кирэдьиитигэр үбү-харчыны кэмчилиэххэ сөп. Ол иһин элбэх киһи туһана сатыыр. Холобур, атын бааннарга ипотека кирэдьииттээх дьон бу бырагырааманан туһанан, сыллааҕыларын 9,05 бырыһыаҥҥа уларыттарар кыахтаахтар. 30 сылга диэри 5 мөл. солк. суума иһинэн ипотекаҕа ылбыт кирэдьииккэр рефинансирование оҥорторуоххун син. Кирэдьиит муҥутуур суумата эрдэ ылбыт ипотекаҥ кирэдьиитин төлөнө илик тобоҕор сөп түбэһиэхтээх.

Бырагыраама кирэдьииттэрин устуоруйата ыраас дьоҥҥо суоттанар: кирэдьиит биэрэр тэрилтэлэргэ кэлиҥҥи 12 ыйга уһатыллыбыт иэһэ суох буолуохтааххын. Бырагыраама усулуобуйата кирэдьииккэ иэһи суһаллык саба охсорго кыах биэрэр. Баан кирэдьиити хааччыйыы быһыытынан хамныыр уонна хамнаабат баайы-дуолу толук ылар, ону тэҥэ, үһүс сирэй мэктиэлээһинин эмиэ ылынар.

Өссө биир ордуктаах: эрдэ рефинансируйдаммыт кирэдьииккэ рефинансирование оҥорторор кыах баар. Ол эбэтэр биир баантан ипотеканан кирэдьиит ылбыккын иккис бааҥҥа тиийэн рефинансирование оҥорторбут буоллаххына, биһиэхэ кэлэн рефинансирование оҥортороҕун. Онно туох да хааччахтааһын суох. Арай, 12 ыйы төлөөбүт буолуохтааххын.

Россельхозбаантан иэс ылааччыларга маннык сүрүн ирдэбиллэр бааллар: 21 саастан 65 сааска диэри, өскөтүн кирэдьиити төннөрүү болдьоҕо иэс ылааччы 65 сааһын туолуор диэри саҕаланар буоллаҕына. Эдэр киһи 1 сылтан итэҕэһэ суох үлэлээбит ыстаастаах, маныаха билиҥҥи миэстэтигэр 6 ыйтан итэҕэһэ суох кэмҥэ үлэлии сылдьар буолуохтаах. Рефинансирование докумуонун оҥорсоргутугар ипотека болдьоҕун кылгаттарыаххытын эбэтэр дифференцированнай төлөбүрү талыаххытын сөп, оччоҕуна эбии төлүүргүт аҕыйыыр.

Мас дьиэҕэ потребительскай ордук

— Тыа сиригэр кэтэх дьиэ туттааччылар ипотеканан төһө туһаналларый?

— Үгэс курдук, тыа сиригэр олорор дьиэни маһынан тутталлар. Ипотека кирэдьиитин ыларга ирдэбилэ элбэх: дьиэ акылаата бетон буолуохтаах, тутуу хаамыытынан отчуоту түһэрэн иһиллиэхтээх, дьиэҥ страховкалаах буолуохтаах. Тыа сиригэр бетон акылааттыыр дэбигис кыайтарбат уонна дьон отчуот кумааҕытыттан саллаллар. Оттон хампаанньалар мас дьиэни страховкалыы сатаабаттар. Онон тыа сирин ыала 7 сылга диэри төлөһөр болдьоххо 1-1,5 мөл. солк. кээмэйдээх потребительскай кирэдьиити ылан туһанара быдан ордук.

— Арай, кирэдьиит ылан дьиэ тутта сылдьар эбэтэр туттан киирбит ыал дьиэтэ умайдын эбэтэр халаан уутугар бардын…

— Итинник ыарахан балаһыанньаҕа түбэстэххэ, төлөһүү болдьоҕун уһатарга эбии (хос) дуогабар оҥоһулларынан, кирэдьиит дуогабарыгар илии баттаспыт киһи хайаан даҕаны бэйэтэ кэлиэхтээх.

Эдэр ыалга өйөбүл күүһүрэр

— Эдэр ыалларга тугу сүбэлиигит? Туох эмит чэпчэтии көрүллэр дуо?

Кэргэнниилэртэн биирдэрэ эмит даҕаны 35 сааһын ааһа илик буоллаҕына, эдэр ыалга хапсаллар. Ону тэҥэ, оҕолоох (оҕолордоох), 35 сааһын туола илик аҥаардас ийэ эбэтэр аҕа ааҕыллар. Эрдэ этиллибитин курдук, Россельхозбаан эдэр ыалларга анаан намтатыллыбыт ставканы көрөр, ол сыллааҕыта 8,85 бырыһыантан саҕаланар. Маны сэргэ, бастакы усунуоска эмиэ саамай намыһах кээмэйи олохтуур: иккис ырыынактан атыылаһар буоллаҕына, кыбартыыра бүттүүн сыанатыттан – 10, саҥа тутулла турар дьиэҕэ – 20 бырыһыана. Өссө эдэр ыал бастакы усунуоһу бүтүннүү «Ийэ хапытаалынан» төлөһүөн сөп. Өскөтүн кирэдьиит дуогабара дьайар кэмигэр эдэр ыал оҕолонноҕуна, сүрүн иэһи төлөһүү болдьоҕо оҕо 3 сааһын туолуор диэри уһатыллан биэрэр.

Манна сыһыаран эттэххэ, дойду бэрэсидьиэнэ В.В.Путин ааспыт күһүн ипотека кирэдьиитин бырыһыанын өссө намтатарга дьаһал биэрэн турар. Ол дьаһал олоххо киирэрин, бааннар бу олунньуттан күүтэллэр эбит. Ити эрээри, өйөбүл эмиэ эдэр ыалларга туһаайыллар: 6 бырыһыаннаах ипотека 2018 сылга иккис, үһүс… оҕолорун төрөттөхтөрүнэ көрүллүөҕэ.

Рефинансирование оҥортороргор сайабылыанньа суруйаҕын итиэннэ ким буоларгын уонна төлөһөр кыаххын бигэргэтэр докумуоннары, ону тэҥэ, эрдэ кирэдьиит ылбыт бааныҥ биэрбит докумуоннарын (дуогабар уонна төһө суумалаах сүрүн иэс ордубутун туһунан ыспыраапка) туттараҕын.

Олорор дьиэ ырыынагар сыана хамсаабакка турар. Таҕыстаҕына даҕаны, эмискэ үрдүө суоҕа. Тоҕо диэтэххэ, Дьокуускайга тутуллан бүппүт, бэлэм кыбартыыра элбэх. Арай, саҥа сокуонунан аны сайыҥҥыттан тутааччы аҕыйаатаҕына уонна билигин баар кыбартыыралар атыыга бардахтарына, балаһыанньа уларыйыан сөп.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
13 декабря 13.12
  • -36°
  • $ 103,95
  • 110,48

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: