Бүлүү улууһун дьаһалтата нэһилиэнньэ иннигэр сыллааҕы үлэтин отчуоттаата

Быйыл улуус дьаһалтатын 2017 сыллааҕы үлэтин отчуота тохсунньу 16-26 күннэригэр 19 тыа сирин нэһилиэктэригэр, Кыһыл Сыыр бөһүөлэгэр, Бүлүү к. ыытылынна. Бастакы бөлөҕү улуус баһылыга С.Н.Винокуров, иккис бөлөҕү улуус дьаһалтатын баһылыгын бастакы солбуйааччы И.И.Евсеев салайан илдьэ сырыттылар.


Нэһилиэнньэни кытта көрсүһүүлэргэ улуус баһылыга С.Н.Винокуров ааспыт сыл түмүктэрин: Бүлүүгэ бастыҥ Олонхо ыһыаҕа ыһыллыбытын, итиннэ улуус дьоно-сэргэтэ улахан тирэх буолбуттарын, улууспут олорор дьиэни тутууга үчүгэй көрдөрүүлээҕин, сүдү киһибит композитор М.Н.Жирков аатын тилиннэриигэ элбэх үлэ ыытыллыбытын, аны күһүн кини аатыгар Чайковскай аат. консерваторияҕа аан дойдутааҕы таһымнаах куонкурус ыытыллара ситиһиллибитин, улуус сайдыытын кэрэһэлиир социальнай-экономическай көрүҥнэргэ биһиги улууспут тыа хаһаайыстыбатын улуустарын ортолоругар ааспыт сыл түмүгүнэн 3 миэстэҕэ тахсыбытын билиһиннэрдэ.

Улуус дьаһалтатын баһылыгын бастакы солбуйааччы И.И.Евсеев тыа хаһаайыстыбатын салаатын ааспыт сыллааҕы сүрүн көрдөрүүлэрин ырытта.

Үөрэх управлениетын саҥа салайааччыта Н.М.Семенова үөрэҕирии ситимигэр саҥа сүүрээннэри, улуус балыыһатын кылаабынай бырааһа Е.А.Григорьев доруобуйа харыстабылыгар тахсыбыт сэргэх уларыйыылары, тутуу управлениетын салайааччы В.М.Степанов улууска ыытыллар элбэх тутуу хаамыытын кэпсээтилэр.

Көрсүһүүлэргэ нэһилиэнньэттэн элбэх ыйытык киирдэ, сорохторо үөрэтиигэ, тотлорууга аналлаах боротокуолга киллэриллиннэлэр.

Кэлиҥҥи сылларга федеральнай сокуонунан ирдэнэр отчуоттарга нэһилиэк, улуус, Саха сирин бырабыыталыстыбатын таһымнаах боппуруостара диэн дьон-сэргэ арааран этинэр, туруорсар буолла. Дьон этиниитэ, олохтоох дьаһалталар этиилэрэ боротокуолга тиһиллэн улуус сайдыытын былааныгар киирэллэр. Сорох ардыгар, отчуоттар көрүнньүк буоллулар диэн үрдүттэн саба быраҕан этинээччилэр да ханна барыахтарай? Ол эрэн, гражданскай уопсастыба тутуллар, олохтоох бэйэни салайыныы сайдар буоллаҕына, норуот былааһы кытта, былаас норуоту кытта аһаҕастык кэпсэтиэхтээх, өйдөһүөхтээх, биир түмүккэ кэлиэхтээх.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Происшествия

Коммунальщики устраняют последствия аварии в поселке Большой Нимныр Алданского района

В поселке объявлен режим повышенной готовности

12.12.2024
  • Культура

В Якутске весной 2025 года представят спектакль «Сестры»

В спектакле раскрывается образ матери, воспитавшей героя, и женщины, способной любить и ждать бойца

12.12.2024
  • Происшествия

Прокуратура Нерюнгри начала проверку по факту обрушения кровли в шахте Инаглинская

По оперативным данным, пострадало два человека

12.12.2024
  • Культура

В Якутске состоялась премьера семейного фэнтэзи-фильма «Аптаах дорҕоон»

Фильм стал дебютом в кино для известного в республике иллюзиониста Алексея Гольдерова

12.12.2024
  • Главное
  • Происшествия

В Якутии на угольном месторождении произошло обрушение: под завалами оказались два человека

Сотрудники МЧС России достали одного, он в сознании. Второго - ищут

12.12.2024
  • Общество

Айсен Николаев навестил якутских бойцов в главном военном госпитале

Военнослужащие поделились эпизодами боевой службы, интересовались новостями Якутии, рассказали о своем самочувствии

12.12.2024