Саха Өрөспүүбүлүкэтин государственноһын күнүгэр Дьокуускай куорат киинигэр, Петровскай уулуссаҕа, 17 №-дээх оскуола иннигэр, норуот туһугар бэриниилээхтик эҥкилэ суох үлэлээбит бөдөҥ политическай уонна государственнай деятель, Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар саха омугун хоргуйан өлүүттэн быыһаабыт, Саха сирин обкуомун бастакы сэкирэтээрэ Илья Егорович Винокуров сырдык аатын үйэтитэр искибиэр уонна пааматынньык үөрүүлээх аһыллыыта буолан ааста.
Бу үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ “Нам улууһа” МТ баһылыга Александр Атласов, Илья Егорович уола, Гражданскай авиация бочуоттаах бэтэрээнэ Валерий Винокуров, И.Е. Винокуров аатынан Хатыҥ-Арыы орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ, учууталлара кыттыыны ыллылар.
Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ Дьокуускай куорат баһылыга Айсен Николаев: «Дьокуускайга өрөспүүбүлүкэ уһулуччулаах уола, Саха сирин салайбыт Илья Егорович Винокуров өйдөбүнньүгэ дойдуга бэриниилээх буолуу холобурунан буолан туруоҕа. Кини Аҕа дойду улуу сэриитин кэмигэр норуотун аччыктааһынтан быыһаабыта туохха да тэҥнэммэт үтүөтэ буолар. Кининэн биһиги киэн туттабыт».
«Нам улууһа» МТ баһылыга Александр Атласов: «1996 сыллаахха Илья Егорович 100 сылын туолуутугар маннык үлэ ыытыллара ылыллыбыта. Ол былаан быйыл туолла. 2016 сылы Нам улууһугар Илья Егорович Винокуров төрөөбүтэ 120 сылынан биллэрэммит, кини аатын үйэтитиигэ үгүс элбэх үлэ ыыппыппыт. Дьаһаллар билигин даҕаны салҕанан бара тураллара үөрүүлээх. Бу Дьокуускай куорат дьаһалтатын кытта бииргэ үлэлэһэммит, Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнүгэр искибиэр уонна пааматынньык туруордубут. Дьокуускай куорат дьаһалтата «Формирование комфортной городской среды» диэн федеральнай программаҕа кыттан, 15 бырайыактан 8 бырайыак киирэн, ол иһигэр бу искибиэр оҥоһуллан олоххо киирдэ. Искибиэри Дьокуускай куорат дьаһалтата, онтон пааматынньыгы Нам улууһун дьаһалтата оҥоттордубут», — диэтэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: