Оҕону эбии үөрэхтээһин хайысхатыгар республикаҕа биир бастыҥ үлэлээх тэрилтэнэн Амматааҕы эдэр натуралистар станциялара буолар. Олохсуйбут төрүт үгэстэрдээх, дириҥ историялаах тэрилтэ бу күҥҥэ диэри оҕо үлэни кытта алтыһан улаатарыгар ураты болҕомтотун ууран кэллэ.
Амматааҕы натуралистар станциялара оҕону үөрэтэргэ сөптөөх базалаах, усулуобуйалаах, кэм-кэрдии ирдэбилигэр эппиэттиир. Саҥаттан саҥа үөрэх ньыматын тобулар, таһыма үрдээн иһэр. Үлэлэрин опыта атыттарга холобур буолуон сөптөөх.
— Ханнык да уларыйыылар буолбуттарын иһин, оҕо кыра эрдэҕиттэн хара буору кытта эт илиитинэн ылсан үлэлээтэҕинэ эрэ ас-таҥас баар буолар диэн үөрэтэбит. Бу өйдөбүлү халбаҥнаппакка туттабыт. Үлэни уонна эбии үөрэхтээһини тэҥҥэ алтыһыннаран, аныгы оҕо интэриэһин, болҕомтотун тардарга саҥа ньымалары тобулабыт, — диир директор Дмитрий Матвеев.
Эдэр натуралистар станциялара быйылгы үөрэх дьылыгар 396 оҕону түмэр, экологическай, естественнай хайысхалаах 16 куруһуогу үлэлэтэр. Оҕолор сылы эргиччи станция базатыгар баар үүнээйилэри, хамсыыр-харамайдары көрөллөр-истэллэр, аны саас олордуллуохтаах рассадаларын сиэмэлэрин, буордарын бэрийэллэр. Онтон сайыҥҥы өттүгэр Хойуу учаастагар баар базаларыгар оҕуруот аһын, сибэкки, үүнээйи арааһын үүннэрэллэр. Соҕуруу куораттартан туох да атына суох ландшафтнай дизайны кыайа-хото оҥороллор.
— Биһиги оҕолорбут манна аҥардас хара буорга киһи бэйэтин илиитинэн кэрэни айан таһаарыан сөп эбит диэн өйдөбүлгэ иитиллэн тахсаллар. Тулалыыр эйгэни харыстыы үөрэнэллэр. Экология туһунан өйдөбүлү оҕо кыра сааһыттан иҥэринэрэ олус туһалаах буолар эбит, — диэн төрөппүттэр этэллэр.
Маны таһынан араас чинчийэр уопуттары ыыталлар, үлэлэрин түмүгүнэн научнай ааҕыыларга, конференцияларга кытталлар. Оҕолор учуонайдар чинчийиилэригэр бэйэлэрин кылааттарын эмиэ киллэрэллэр. Холобура, эдэр натуралистар станцияларын базатыгар радиация тыынар тыыннаахха хайдах дьайарын үөрэтэ сылдьаллар. Бу үлэни биологическай наука кандидата Лена Поскачина сүрүннүүр.
Саҥа дьыллааҕы уһун өрөбүллэргэ эдэр натуралистар станциялара «Күөх харыйа» диэн республикатааҕы акцияны кытта ситимнээн, туттуллубат буолбут араас матырыйааллартан Саҥа дьыллааҕы оҥоһуктар куонкурустарын ыытар. Үгэскэ кубулуйбут күрэх буолан, учууталлар, дьыссаат иитээччиллэрэ, биирдиилээн кылаас салайааччылара оҕолорун олус көхтөөхтүк кытыннараллар.
— Быйыл Амма улууһун бары оскуолаларын хабан, 350 үлэ быыстапкаҕа турда. Биэс хайысханан ыытыллыбыт тэрээһини Саҥа дьылааҕы өрөбүллэргэ оҕолор дьиэ кэргэнинэн, кылааһынан кэлэн үөрэ-көтө көрдүлэр. Бастыҥ диэбит үлэлэригэр бэйэлэрин куоластарын биэрдилэр. Куоластааһын түмүгүнэн сотору кыайыылаахтар ааттарын билиэхпит, — диэн кэпсиир методист-педагог Галина Никифорова.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: