Амма улууһугар аатырбыт олоҥхоһут Чээбий сыла саҕаланна

09:41, 01 февраля 2018
Текст:
Читайте нас на
Дзен
afisha.png
Амма улууһун Эмис нэһилиэгэр “күннээх бэйиэт” Владимир Михайлович Новиков — Күннүк Уурастыырап төрөөбүтэ 110 сылыгар анаммыт сылы түмүктээтилэр уонна олоҥхоһут Чээбий Сылын саҕалаатылар. Тохсунньу 27 күнүгэр буолбут тэрээһин дьон көҕүн тарта.


Сылы быһа улууска, Саха сирин араас муннуктарыгар, саха норуодунай бэйиэтэ Күннүк Уурастыырап үбүлүөйүгэр анаммыт араас эгэлгэ тэрээһиннэр ыытылыннылар. Сылы түмүктүүр тэрээһиҥҥэ улуус баһылыга Николай Архипов, нэһилиэк баһылыга Илья Пестерев кыттыыны ыллылар. Саха сирин Суруйааччыларын сойууһуттан бэрэссэдээтэл, норуодунай бэйиэт  Наталья Харлампьева, норуодунай суруйааччы Сэмэн Тумат, биллиилээх драматург, аммалар биир дойдулаахтара Харысхал, Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университеттан  профессор Василий Илларионов,  уо.д.а. сырыттылар.

Суруйааччылар Харысхал, Наталья Харлампьева уонна Сэмэн Тумат — оскуолаҕа күндү ыалдьыттар

Эмистэр оскуолаларыгар анаан Күннүк мусуойун үлэлэтэ тураллар, онно ыалдьыттары оҕолор бэйиэт хоһоонун ааҕа көрүстүлэр. Бу күн Күннүк Урастыырап сылыгар барбыт үлэ-хамнас, инники былааннар тустарынан кэпсэтиилэр буоллулар. Эмистэр бэйиэт ырыаларын уонна кини айымньыларынан сценкалары көрдөрдүлэр. Ити курдук, Эмискэ Күннүк Уурастыырап сыла ситиһиилээхтик түмүктэннэ, оттон быйыл олохтоохтор өссө биир үөрүүлээх событиены – саха аатырбыт олоҥхоһута Тимофей Васильевич Захаров — Чээбий  төрөөбүтэ 150 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтииллэр. Онон, Амма улууһугар олоҥхоһут Чээбий Сыла саҕаланна! Ыспыраапка Тимофей Васильевич Захаров — Чээбий (1868 -1931), аатырбыт олоҥхоһут. 1868 сыллаахха Боотурускай, билиҥҥинэн Амма улууһун Эмис нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Эдэр сааһыгар Бодойбо көмүс бириискэлэригэр мас кэрдээччинэн үлэлии сылдьан, олоҥхоһут быһыытынан киэҥник биллибитэ. Толорбут олоҥхолорунан буолаллар: “Сылгы уола Дыырай Бэргэн”, “Бэрт Киһи Бэриэт Бэргэн”,  “Күн Эрэли Бухатыыр”Тойон Дьаҕарыма, “Көмүс Чүүччүлээн,Отох улаан аттаах Уол Туйгун”, “Алантаайы — Кулантаайы Бухатыыр”, о.д.а. 1906 сыллаахха Аммаҕа В. Н. Васильев кини тылыттан “Ала Булкун олоҥхону суруйбута. Чээбий 14 олоҥхолоох. Норуот бэйиэтэ В.М.Новиков-Күннүк Уурастыырап уонна Саха АССР үтүөлээх артыыһа У.Г.Нохсоороп олоҥхоһут Чээбийи олус сэргээн, сэҥээрэн истэллэрэ. Күннүк Уурастыырабы олоҥхоҕо кини уһуйбута.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
13 декабря 13.12
  • -36°
  • $ 103,95
  • 110,48

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: