Аммаҕа Саха сирин норуоттарын сэттис оонньууларыгар бэлэмнэнии үлэтин билистилэр

20:02, 30 января 2018
Текст:
Читайте нас на
Дзен
afisha.png

Аммаҕа ыытыллыахтаах Саха сирин норуоттарын сэттис оонньууларын тула бүгүн миэстэтигэр киэҥ кэпсэтии таҕыста. Дьаһаллар ылыннылар.


Амма улууһун дьаһалтатын мунньахтыыр саалатыгар Саха сирин норуоттарын сэттис оонньууларын өрөспүүбүлүкэтээҕи тэрийэр хамыыһыйатын көһө сылдьар мунньаҕа буолан ааста.

Мунньаҕы хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ, СР бырабыыталыстыбатын солбуйааччы бэрэссэдээтэлэ Михаил Гуляев салайан ыытта.

Ыытыллыбыт үлэлэр, толоруллар турар соруктар туһунан иһитиннэриилэри улуус баһылыга Николай Архипов, СР спортка миниистирэ Георгий Балакшин уонна СР тутууга миниистирин солбуйааччы Павел Аргунов оҥордулар.

Кэпсэтиилэр түмүктэринэн Михаил Дмитриевич кэккэ соруктары биэрдэ. Ол курдук чуолаан Чапчылҕаҥҥа спортсаала уонна Бөтүҥҥэ адаптивнай саала тутууларын түргэтэтиигэ, үбүлээһин бастакы-иккис кыбаарталларга быһаарыллыахтарын эттэ. «Оччоҕо эрэ үлэ графигыттан хаалыы тахсыа суоҕа«, — диэн бэлиэтээтэ.

Хамыыһыйа мунньахтыан иннинэ эбийиэктэргэ сырытта уонна Дружба спорткомплекс, Амма 1-кы нүөмэрдээх оскуолатыгар ыытыллыбыт өрөмүөн хаачыстыбалаахтык оҥоһуллубутун бэлиэтээтилэр. Уопсайынан ааспыт сылга тэҥнээтэххэ аммалар үлэлэрэ тэтимнээхтик баран иһэр диэн этилиннэ. Онон кылгас бириэмэ хаалбытыгар өссө күүскэ биир сомоҕо буолан үлэлииргэ диэн сорук турда.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
16 декабря 16.12
  • -31°
  • $ 103,43
  • 109,01

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: