Соморсуҥҥа “Дьол биһигэ” сквер тутулунна

12:00, 21 сентября 2017
Текст:
Читайте нас на
Дзен
afisha.png

Күн уотугар күлүмүрдүү оонньуур уу бытархайдарын ыһар фонтан, “Мин ийэбин таптыыбын”, “Соморсун нэһилиэгин уон оҕолоох — сулустаах ийэлэрэ”, “Ыал — олох төрдө. Соморсун нэһилиэгин ытык ыаллара” стелалар тула дьэрэкээн сибэккилэр, сынньалаҥ ыскаамыйалар, кыраһыабай билиитэлэринэн тэлгэммит тротуар, оҕо оонньуур хачыаллара, кэнсиэртиир сир. Бу барыта “Дьол биһигэ” диэн ураты сылаас тыынынан илгийэр ааттаах сквер иһигэр олохтоохтук чочуллан оҥоһуллубут. 


Сквергэ ийэ мөссүөнүн аннынан соморсуннар биир дойдулаахтара, аммалар киэн туттуубут Ольга Иванова-Сидоркевич “Таптыаҕыҥ ийэни” диэн дууһаны долгутар, саха дьонун уоһуттан түһэрбэккэ таптаан ыллыыр ырыатын тыллара суруллубуттар. Бу курдук тупсаҕайдык тутан, ис сүрэхтэрин ууран туран соморсуннар бэртээхэй диэн сквери үлэҕэ киллэрдилэр.

Сулустаах ийэлэр, эн-мин дэһэн дьоллоохтук олорор ытык ыаллар, элбэх оҕолоох ийэлэр, үстэн элбэх оҕолоох аҕалар, быйыл бастакы кылааска киирбит үөрэнээччилэр, кырачаан оҕо саадын иитиллээччилэрэ бары биир-биир сквер киин аанынан киирбиттэрэ көрөргө олус үчүгэй.

Мин бэйэм 87 саастаахпын. 11 оҕолоохпун уонна 7 тулаайаҕы ииппитим. Билигин куоракка олоробун, 27 сиэннээхпин, 15 хос сиэннээхпин. Үлэлээбит, олорбут нэһилиэгим сайдан тупсан иһэриттэн олус үөрэбин”, — диэн бэйэтин санаатын Герой ийэ Н.П. Васильева үллэһиннэ. Надежда Петровнаҕа бу күн “Саха сирэ Россия састаабыгар киирбитэ 375 сыла” диэн Бэлиэни улуус баһылыга Николай Архипов туттарда.

Нэһилиэк дьаһалтата ылбыт Гранын сөптөөхтүк туһанан, харахха быраҕыллар тутууну ыыппытын Граннары биэриигэ республика таһымыгар быһаччы үлэлэһэр специалист С.А. Константинов бар дьон ортотугар бэлиэтээтэ.

2015 сылтан ыла иитиэхтэн илдьэ сылдьар баҕа санаабытын олоххо киллэрдибит. Республикабыт тыатын хаһаайыстыбатын иһинэн “Тыа сирин территорияларын туруктаахтык сайыннарыы” диэн тус сыаллаах федеральнай Программатын Граныгар киирсэн кыайаммыт, бу сквербит олоххо киирдэ. Граммыт 1 мөл. 200 тыһ. солкуобай этэ гынан баран, үп-харчы кырыымчыгынан, 700 000 солкуобай бэриллибитэ. Ону олохтоох дьаһалтабыт эбии үбүлээн, ону кытта уопсастыбаннас субуотунньуктаан сквербитин үлэҕэ киирэн, махталбыт муҥура суох. Инникитин элбэх былаан баар. Оҕолор оонньуур былаһааккаларыгар оҥоһуктар элбиэхтэрэ, сибэкки, мас олордуохпут”, -диэн нэһилиэккэ “Россия ийэлэрэ” уопсастыбаннай хамсааһын куратора М.А. Кононова эттэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
20 апреля 20.04
  • -1°
  • $ 93,44
  • 99,58

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: