Уһун Күөлгэ тутуллубут үрдүк вышка - байыаннай база буолбатах

13:01, 29 ноября 2017
Текст:
Читайте нас на
Дзен
afisha.png

Сунтаар улууһун Уһун Күөлүгэр 45 м үрдүктээх «Билайн» вышкатын ат­тыгар өссө биир үрдүк тутуу дьэндэйэн тахсы­быт. Олохтоохтор, биллэн турар, интэриэһиргииллэр. Оннооҕор «Ба­йыан­­най база тутуллан эрэр үһү», — диэн сурах тарҕанар. 


Тугун, ханныгын билээри, «этэрбэс араадьыйатын» араас «кыр­дьыктаах» сонунун арыйаары, Арыылаах нэһилиэгин баһылыга Иван Игнатьевы кытары кэпсэттибит. Кини иһитиннэрбитинэн, бу сүүнэ улахан уоттаах-күөстээх вышка Арассыыйатааҕы тэлэбиидэнньэнэн уонна араадьы­йанан биэрии ситимин бас билиитэ буолар.

Бу дьыл балаҕан ыйыттан ааспыт нэдиэлэҕэ диэри «Новосибирск» ТТК уонна «Чита» ТТК бири­гээ­дэлэрэ кэлэн цифровой тэлэбиидэнньэ вышкатын таҥмыттар.

Ааспыт субуотаҕа холбонон, нэһилиэнньэ үчүгэй хаачыстыбалаах, «хаара» суох аҕыс ханаалы («Матч», НТВ, «Россия-24», «Россия-Культура», «Карусель», «Пятый», ОТР, ТВЦ) көрөр кыахтанна. Онон, икки-үс көстөр-көстүбэт ханаалы көрө олорбут дьоҥҥо бу үөрүүлээх түгэн буолла. Манна даҕатан эттэххэ, бу сайын олохтоохтор «Ман­чаары оонньууларын» көрөөрү кэтэһэ сырыттахтарына, «Саха» НКИХ тэрилин хомуйан ылан, ханаала көстүбэт буолбута.

Цифровой тэлэбиидэнньэни арыылаахтар эрэ буолбакка, ыаллыы сытар Тойбохой, Дьаархан, Маар Күөл, Аллыҥа нэһилиэктэрэ эмиэ көрөр кыахтаннылар. Анал пароль сурулла сылдьар модуль кэллэ­ҕинэ, эбии «Первый», «Россия-1» көстүөхтэрэ.

Бу цифровой тэлэбии­дэн­ньэ вышката икки мультиплекстааҕын исписэлиистэр кэпсииллэр. Билигин бастакыта хол­бом­мут, сыл иһигэр иккиһэ холбонуохтаах, оччоҕуна сүүрбэ ханаал көстүөҕэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
20 апреля 20.04
  • -1°
  • $ 93,44
  • 99,58

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: