Ааспыт нэдиэлэҕэ СӨ Ил Түмэнин дьокутаата, «Сахаэнерго» АУо генеральнай дириэктэрин экономикаҕа уонна үпкэ 1-кы солбуйааччы Гаврил Алексеев Бүлүү өрүс хаҥас биэрэгэр сытар Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас, Боотулуу, Далыр, Дүллүкү, Кырыкый, Оҥхой, Хоро, Мэйик нэһилиэктэригэр сылдьан, анаан-минээн нэһилиэнньэни кытта көрсөн ааспыт түөрт сыллааҕы үлэтин отчуоттаата уонна инники соруктарын билиһиннэрдэ.
Гаврил Алексеев Үөһээ Бүлүү улууһугар уопсастыбаннай көмөлөһөөччүтэ, «СӨ ОДьКХ» ГУТ Үөһээ Бүлүүтээҕи филиалын дириэктэрэ уонна «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа Үөһээ Бүлүүтээҕи салаатын сэкирэтээрин солбуйааччы Василий Николашкин дойду үрдүнэн буола турар балаһыанньаны уонна Владимир Путин ааспыт нэдиэлэҕэ РФ Госдууматын дьокутааттарыгар Анал этиитин туһунан кэпсээтэ.
Бу анал мунньахтарга нэһилиэктэртэн дьон кыттыыта элбэҕин бэлиэтии көрдүбүт, быыбардар чугаһаабыттара биллэр. Үгэс курдук дьиэлэри уотунан ититии боппуруоһа ордук турда. Гаврил Алексеев түөрт сыллааҕыта дьокутаатынан талыллаат, Үөһээ Бүлүү улууһугар чааһынай дьиэлэри уотунан ититиини саҕалыырга улахан үлэни ыытан барбыта. Бүлүү өрүс уҥуор сытар нэһилиэктэргэ үгүс ыал уотунан ититии ньыматыгар көһөн абыраммыттарын эттилэр. Маһынан оһоҕу оттор курдук үгүс түбүктээх буолбатаҕын уонна уоту төлөбүрүн тарыыба субсидиялааҕын бэлиэтээтилэр.
Ити үөһэ этиллибит нэһилиэктэргэ билигин да уотунан ититиигэ көһүөн баҕалаах элбэх эбит даҕаны, хомойуох иһин, уот подстанциялара, трансформатордара кыамталара кыайбаттар эбит. Дьокутаат Гаврил Алексеевка итинник кыһалҕа баарын олохтоохтор аһаҕастык эттилэр уонна инники өттүгэр итиннэ сөптөөх үлэ ыытыллыахтааҕын туруорустулар.
Бу боппуруоска Гаврил Алексеев маннык эппиэттээтэ:
— Энергетик буоларым быһыытынан, олохтоохтор уот боппуруоһун күүскэ көтөхтүлэр. Дьиҥэр, ааспыт түөрт сыл устата бу өттүгэр улууска элбэх үлэ ыытыллыбыта билигин ырылыччы көстөр. Ол курдук, былырыын буолбут Манчаары оонньууларыгар спортивнай эбийиэктэри уотунан хааччыйыыга, уот ситимин саҥардыыга, трансформатордар кыамталарын күүһүрдүүгэ уонна Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтин уулуссаларын сырдатыыга элбэх үлэ ыытыллыбыта.
Бары билэрбит курдук, Бүлүү өрүс уҥуор сытар нэһилиэктэргэ элбэх чааһынай ыал уотунан ититиигэ холбонно. Ил Түмэн дьокутаатынан саҥа талыллар кэммэр, бу нэһилиэктэргэ биир да ыал ити ньымаҕа холбоно илигэ. Онон үлэм сүрүн боппуруоһунан маны олоххо киллэриинэн саҕалаабытым. Ол курдук, ааспыт түөрт сылга улуус үрдүнэн чааһынай дьиэлэри киин ититэр ситимҥэ холбооһун уонна уотунан ититиигэ күүстээх үлэ барбыта киһи хараҕар тута быраҕыллар.
Өрүс уҥуор сытар нэһилиэктэр үгүстэрэ уот мөлтөҕүн туһунан эттилэр. Бу ханна да баар кыһалҕа. Сүрүн биричиинэтэ, төрүөтэ туохха сытарый? Аныгы үйэ быһыытынан олох тэтимнээхтик сайдарынан сибээстээн, нэһилиэнньэ уоту туһаныыта улаатта. Онуоха урут оҥоһуллубут уот подстанциялара саҥа сайдыылаах кэм уларыйыытыгар кыайан эппиэттээбэттэр. Онон хайаан даҕаны нэһилиэктэргэ эбии саҥа подстанциялар туруохтарын наада, бу билиҥҥи кэм тулхадыйбат ирдэбилэ. Ол эрээри, барыта баҕарбыппыт курдук туолан испэт. Ол эбэтэр, өрөмүөннүүр бырагыраамаҕа үп тиийбэт. Нэһилиэктэргэ сылдьан ханнык подстанциялар, трансформатордар кыамталара тиийбэтин билэбин, ону испииһэк быһыытынан киллэрбиттэрин кэннэ кыамталарын улаатыннарыыга, былааннаах үлэни тэрийиэхпитин наада.
— Гаврил Николаевич Дүллүкүгэ уонна Оҥхойго саҥа кыбаарталларга уот ситимин тардыыны күүскэ туруорустулар.
— Сөптөөх туруорсуу буолла. Инженернэй ситими тардыыга өрөспүүбүлүкэҕэ анал бырагыраама баар. Маны сөргүтүөхпүтүн наада. Дьиҥэр, үлэлиир механизма оҥоһуллубута. Саамай сүрүнэ, бүддьүөттэн сөптөөх үп көрүллэрин ситиһиэхтээхпит. Урукку өттүгэр үлэлии сылдьыбыта, ол билигин тохтоон турар. Дьокуускай куоракка элбэх оҕолоох ыалларга бэриллибит учаастактарга уот ситиминэн хааччыйыыга эрэ көрүллүбүт үп тиийэр. Онон бу бырагыраама Дьокуускайга эрэ буолбакка, тыа сирин улуустарыгар үлэлиирин хайаан да ситиһиэхпитин наада.
Түгэнинэн туһанан, Үөһээ Бүлүү улууһун кэрэ аҥардарын аан дойду дьахталларын күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин! Бу орто дойдуга баар бары кэрэни-үтүөнү, доруобуйаны баҕарабын.
Манна даҕатан эттэххэ
Гаврил Алексеев нэһилиэнньэни кытта көрсүһүүтүгэр аны күһүн ыытыллыахтаах Ил Түмэн дьокутааттарын быыбарыгар «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйаттан испииһэгинэн кыттарын эттэ. Санатар буоллахха, быйыл муус устар 15 күнүгэр сүрүн баартыйаттан турар хандьыдааттарга быһа барыллаан куоластааһын (праймериз) ыытыллыаҕа.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: